top of page
Чурапчы нэһилиэгин "Улыбка" уһуйаан оскуола иннинээҕи оҕону сайыннарар киин
Төрөппүккэ сүбэ: Эн о5оҥ-айыл5а саамай кэтэhиилээх, сыаналаах бэлэ5э. Бу иэйиини о5оҥ эмиэ этинэн-хаанынан билиэхтээх, бу иэйии ийэ эмиийин үүтүнэн о5о5о бэриллэр. О5оҥ эн дьоллооххун, олох кэрэтиттэн үөрэргин көрөн оннук олоххо дьулуhарын ситис. Ханнык да түгэҥҥэ о5о5ун атын (ситиhиилээх) о5ону кытта тэҥнээмэ. О5оҥ кыра да ситиhиитигэр бол5омтолоох буол. Кыра да хай5абыл о5ону кынаттыырын умнума. О5оҥ итэ5эстэрин таба көрө үөрэн уонна кэмигэр ону туората сатаа. О5оҥ туохтан эрэ куттанар, сэрэхэчийэр буолла5ына бол5омто5о ыл. О5о куттанара уопсай сайдыытын атахтыыр. О5оҥ «сатаабаппын, ыарахан, миэхэ табыллыбат» диэн этэрин эмиэ бол5омто5о ыл. Хас биирдии киhи син биир туохха эрэ талааннаах буоларын о5о5ор өйдөт, киhи сатыырын кини эмиэ сатыахтаа5ын санат. О5о бэйэтинэн буоларын умнума. О5о бэйэтэ быhаарыныы ыларын бопсума. О5о бэйэтин ал5астарын ырыҥалаан көрөрүн ситис. О5о5ор эрэллээх до5ор буол. О5оҥ ханнык хайысха5а мөлтө5үн, ханнык хайысха5а күүстээ5ин билэн, күүстээх өрүтүн сайыннар. О5о5ор эрэн. Бэйэ бэйэ5э хардарыта эрэллээх сыhыан-ситиhии төрдө. О5о5ун дьиэ кэргэн быhаарсар улахан боппуруостарыгар кыттыhыннар.
Это заголовок
Это описание. Нажмите, чтобы отредактировать этот текст
Это заголовок
Это описание. Нажмите, чтобы отредактировать этот текст
Это заголовок
Это описание. Нажмите, чтобы отредактировать этот текст
Это заголовок
Это описание. Нажмите, чтобы отредактировать этот текст
1/3
bottom of page